- Кэрэ, кэрэ кыыс
Сарсыарда туран
Бу күнтэн үөрэн,
Эйиэхэ доҕорбор тиийээри
Кыратык ыксаан.
Сүүрэн киирэммин чэйбин иһээри
Тоҕон кэбистим таҥаспар
Оо, эрэй да эбит
- Махтаныам
Санаабар ойуулаан көрөбүн
Тапталтан тыллыбыт иэйиибин
Үөрүүттэн халлааҥҥа көтөбүн
Кыл түгэн көрдөрбүн эйиигин
Билбэппин мин атын кэрэни
Билбэппин ураты дьиктини
Хайдахтаах дьоллоохпун билигин
Доҕоруом эн ону билбэккин
- Санаам эйиэхэ
Эйиигин илиигиттэн сиэтэммин илдьиэм,
Ол ыраах сулустаах халлаан анныгар,
Эн биһи ол онно куустуһан тураммыт
Таптал уотугар уйдара налыйа устуохпут.
Эн, нарын минньигэс дьэдьэн уостаргыттан
Мин куруук убуруур буолуоҕум,
Сэгэриэм чугаһаа эн миэхэ, кыбыстыма
Эн биһи тапталбыт, эн биһи олохпут.
- Сулус буолан
SNOW VOICE - "Сулус буолан" (К.Черкашина, А.Семенов тылл., С.Ченянов мел.,муз.)
Сулус буолан сандаарыйыам,
Көмүс ыйдыын туналыйыам,
Ыраах-ыраах, ыраас-ыраас
Халлаан устун дайыам...
Арай чыычаах буолан көттүм
- Сылаас тыал
Сылаас тыал иэдэспин бигиирин
Эн тыынын кэлэр дии саныыбын
Өрүллэр сүүрүктэр тыастарын
Эн көмүс куоласкар холуубун
Хараҥа кэрэ да киэһэлэр
Халлааҥҥа сулустар хойдоллор
Эйиигин кинилэр, кинилэр
Этэргэ кэпсииргэ дылылар.
- Уол ырыата
Дугуйаҥҥын хаампыт сиргэр
Долгун курдук от үүнэр
Таптыы көрбүт алаастаргар
Кустук түһэн көччүйэр
Кыламаҥҥар күн үҥкүүлүүр
Кыраһыабай да кыыскын
Ханнык уолан дьолун түстүүр