Fread1 все тексты (слова) песен, переводы, видео, клипы
- Ийэбэр
Бу күн сирин көрдөрбүт, мин күндү ийэм
Махталым муҥура суох, ону билэҕин бэйэн,
Ама киниттэн ордук миигин өйдүүр киһи
Бу сиргэ баар дуо? билбэппин саарбах ини,
Уола хайдах эрэ сылдьар диэн долгуйара
Уһун хараҥа түүннэргэ санаан утуйбакка,
Бырастыы гын миигин хомоппут түгэннэрбин
Соруйан буолбатах этэ барытын билинэбин,
- Илиибэр эн илиин
1 куплет
Илиибэр эн илиин то5о кэрэтэй
Бастаан ойдуугун барыта хайдах этэй
Ор да кэтэспитин мин бу тугэни
Хайаан да ойдуу сылдьыам мин бу куннэри
Таптал сылааьа мууьурбут сурэхпин уулларар
Дууьабар сырдык уот оссо куускэ умайар
Ойум-санаам барыта эйиэхэ тардыьар
- Миэхэ наада таптал
Бу куну кытары бу суолу батыьа
Иккиэн баран иьиэххэ дьолго талаьа
Санаабытын холбоон атылы атыллаан
Бииргэ буолуохха куьа5аны тумнан
Билигин мин санаам туман
Билигин мин дууьам уйан
Билигин миэхэ наада
эн сылаас тапталын
- Саха Сирэ
Төрөөбүт дойдубун Сахам Сирин таптыыбын мин
Самаан сайын уот кураан буолар куйааһын
Оннооҕор тоҕус ыйдаах тыйыс тымныы кыһынын
Өрүүтүн мин сүрэхпэр эйиигин илдьэ сылдьабын
Ыраатабын дойдубуттан ахтар санаа уоскуйбат
Сотору төннүөм эрэлим миэнэ уостубат
Күнтэн күн Сахам Сирэ үөһэ эн дабай
Барытын кыайар кыахтааххын иһит саха урааҥхай