Руслан Тараховский все тексты (слова) песен, переводы, видео, клипы
- Дорообо дойдум
Халлаан хахсайан
Хаһыҥ хаарыйан
Силлиэ силэйэн
Сиик иҥэн
Ахсааннаах сылларга аньыылааҕынан ааҕыллан
Атын халлаан анныгар
Самыырга баттатан
Ардахха сытыйан
- Ийэ
Көрдөөх сааһым күнүгэр
Көхсүм иһиттэн көтүллэн түспүт
Көмүс сымыытыам
Эдэр сааһым идэкитигэр
Эт сүрэхпиттэн эмтэрийэн түспүт
Эрэллээх биэбэйиэм
Эйигин көрөн ииппитим
- Тугу биттэнэн билэн
Тугу биттэнэн билэн
Тойон сүрэҕим долгуйда
Ханныгы таайан хатаннык
Хара быарым хайытынна
Олох обургу оччугуйтан
Олуурга угар эбит
Байгы баҕайы баламаччыттан